Кулун тутар 15 кvнvгэр Арчы дьиэтэ духуобунай киин тэрийиитинэн «Ийэ-омук тыына, саха кыыhа кэскилбит» диэн дирин ис хоhоонноох кvрэх буолан ааста. Манна барыта Дьокуускай куораттан, Горнайтан, Мэнэ Ханаластан, Бvлvvттэн кэрэ анардар тvмсэннэр 7 хамаанда кытынна. Бары да бэлэмнээх, талааннаах хамаандалар маннык тvhvмэхтэри ааhан илин-кэлин тvстvлэр: бастакынан, хамаанданы уус ураннык билсиhиннэрии. Кыбытыылаах тигии, бириэмэ5э кvерчэх ытыйыы, сахалыы лэппиэскэ астаан кэлэн кэпсээhин, остуол оонньуута- хабылыкка, сиэргэ-туомна сыhыаннаах боппуруоска эппиэттээhин уонна талааны кердерvv. Айылгы о5о кииниттэн 5 педагог хамаанда туруоран ситиhиилээхтик кытыннылар. Ол курдук, Вера Ивановна Коротких- методист, Нюргуяна Алексеевна Маныкина- «Айыллаана» муода студиятын салайааччыта, Варвара Михайловна Меркурьева- рукоделия куруhyок салайааччыта, Евдокия Васильевна Протодьяконова — кулинария кypyhyок салайааччыта уонна Евдокия Борисовна Жиркова — фольклор куруhуок салайааччыта. Учууталларбыт ситиhиилэринэн буолар, маннык республиканы хабар кvрэххэ 1 миэстэни ылбыттара. Кырдьык да, бары еттvнэн дьо5урдаах, олоххо активнай позициялаах педагогтар Айылгыга vлэлииллэрэ мантан кестер. Тэрийээччилэргэ махталбытын тиэрдэбит, ессе да маннык хабааннаах кvрэхтэр ыытылла туруохтарын ба5ара хаалабыт.