“Айылгы” оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр иитиллээччилэр 3D принтергэ арааһы оҥороллор. Оҕолор дириэктэрдэригэр Скрябин Евгенийгэ фотоаппаратын хаппаҕын принтергэ бэчээттээри сылдьаллар.
Скрябин Евгений Васильевич “Айылгы” оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр директорынан ааспыт сылтан ыла ананан үлэлиир. Биллэн турар, ханнык баҕарар салайааччы саҥа дуоһунаска ананна даҕаны, үлэтигэр туох эрэ уларытыыны, сонуну, уратыны киллэрэргэ дьулуһар. “Биһиги билигин түөрт хайысханан үлэлиибит: фольклор, вокал, хореография, технологическай (3D-прототипирование). Уол оҕо үҥкүүнэн, ырыанан ордук кыра эрдэҕинэ сөбүлээн дьарыктанар. Арыый улааттаҕына бу дьиҥнээх эр киһи дьарыга буолбатах диэн санаа үөскүүр. Устунан дьарыгын быраҕар. Аныгы үйэҕэ уол оҕону тугунан интэриэһиргэтиэххэ сөбүй? Тиэхиникэнэн! Ордук саха оҕото илиитинэн тутан-хабан көрөрүн сөбүлүүр. Онон JuniorSkills (3D-прототипирование) хайысхатын аспыппыт”, — диэн кэпсээнин саҕалыыр.
Биэс-алта остуол турар кыра хоһугар киирэбит. Биир остуолга компьютер, иккис остуолга дьоҕус иистэнэр массыына эрэ саҕа 3D принтер тураллар. Төһө эрэ улахан аппарат, дии санаабытым баара, бэрт кыра эбит. Испэр мыына санаабыппын бэлиэтии көрдө быһыылаах: “Мөлүйүөннээх да принтердэр бааллар. Биһиэхэ ол билиҥҥитэ кыалла илик. Бу Кытай оҥоһуга. Сыаната 30 тыһыынчаны кыайбат. Арыый кыахтаах соҕус дьон оҕолорун эбии дьарыктаары дьиэлэригэр атыылаһан туруораллар. Оҕо толкуйдуур дьоҕурун күүскэ сайыннарар, кыра эрдэҕиттэн тиэхиньикэҕэ сыстаҕас буола улаатар”, — диэн салгыы кэпсиир.
Уу сахалыы быһааран эттэххэ, 3D-прототипирование диэн оҕолор чопчу ханнык эрэ предмети, холобура, чааскыны, тэриэлкэни уруһуйдаан, компьютерга бырайыгын оҥорон баран, сап курдук эриллэ сылдьар пластиктан анал принтер нөҥүө кутан оҥороллор. Тас дойдуларга киэҥник тарҕаммыт буолан, билигин араас эйгэҕэ барытыгар туһаныллар. Оннооҕор массыына саппаас чааһын, хас биирдии миллимиэтиригэр тиийэ чочуллубут тутуу матырыйаалын оҥороллор. Биллэн турар, маныаха туттуллар матырыйаала араас буолар.
Оҕолор немец тыла учуутал идэлээх эрээри, бу эйгэҕэ бэрт сыстаҕас эдэр педагог Игорь Иванов салайыытынан үлэлииллэр. Игорь республикаҕа 3D бэчээккэ бастакынан ылсыбыта диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ол курдук, дьоҥҥо өҥө оҥорон биэрэр сыаллаах, 2012 сыллаахха 500 тыһ. солк. суумалаах 3D принтер ылынар. Нэһилиэнньэ ордук маҕаһыыҥҥа булбатах туох эрэ деталы кэлэн чөлүгэр түһэттэрэр, оҥорторор эбит.
“Айылгы” иитиллээччилэрэ маҥнай Дьокуускай куорат, салгыы республика күрэхтэһиилэригэр кыайыылаах тахсыбыттар. Оннооҕор Уһук Илиҥҥи уокурукка бу хайысха күүскэ тарҕана илик буолан, Россия чөмпүйэнээтигэр быһа кыттар кыахтаммыттар. Бэйэлэрэ даҕаны соһуйуохтарын иһин, баара-суоҕа сэттэ ый дьарыктаммыт, Дьокуускай куорат 33 №-дээх оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Вадим Кейсевич уонна Артур Трапезников Россия чөмпүйүөннэринэн буолбуттар.
“Саха оҕото талааннаах. Ол эрээри, өйөбүл булбатаҕына уостан хаалар дииллэрэ баар суол. Ол иһин биирдэ күлүмнээн баран умуллан хаалбаттарын туһугар салгыы ситимнээх үлэ, бүтүн систиэмэ ирдэнэр. Иитиллээччилэрим фотоаппаратым объективын хаппаҕын оҥорон биэриэх буолан бэйэлэринэн тылламмыттара. Бу фотоаппарат бырагыраамата интернеккэ баар диэбиттэрэ. Маҕаһыынтан 3 тыһыынча солкуобайга атыылаһыахтааҕар, быдан барыстаах буолсу”, — диэн дириэктэр фотоаппаратын илиитигэр эргитэ-эргитэ, оҕолорунан чахчы киэн тутта кэпсиир.
Киһи барыта юрист, киһи барыта экэнэмиис. Сорох оҕолор үөрэхтэрин бүтэрэн баран, үлэ миэстэтин булбакка улахан кыһалҕаны көрсөллөр. Аны үрдүк үөрэхтээх исписэлиистээҕэр, орто техническэй идэлээх үлэһит быдан элбэх хамнаһы аахсарын туһунан элбэхтэ истэбит.21-c үйэ – тиэхиньикэ үйэтэ. Онон бу хайысханы өрөспүүбүүлүкэҕэ киэҥник тарҕатар, оҕолор идэлэрин сөпкө талалларыгар эрдэттэн үлэ ыытар, эбии дьарыктыыр кэм ирдэбилэ.
Людмила ПОПОВА
Хаартыскаҕа: Россия чөмпүйүөннэрэ Вадим Кейсевич уонна Артур Трапезников учууталларын И.О.Ивановы кытта